Бу билигин о5олорбут куйаар ситимигэр элбэх бириэмэлэрин атаарар кэмнэригэр о5олорбут төрөөбүт тылларын билэллэрин, харыстыылларын курдук үлэ тиһигэ маннык быстыбакка салгыы сайда туруохтаах. Билиҥҥи кэмҥэ ИЙЭ ТЫЛ саамай эмсэҕэлиир эйгэ буолла. Төрөөбүт эрэ тылбытыгар оло5уран элбэх тылланыыны кыра саастан иҥэриэххэ диэн диэн санааттан хоьоону дорҕоонноохтук аа5ыы — о5ону иитэргэ, сайыннарарга биир улахан дьайыылаах ньыма буоларын бэлиэтиибин. Төһөнөн уһун, элбэх хоһоону о5о үөрэтэр да, о5о сайдара түргэтиир. Маны таһынан төрүт култуураны, үгэстэрбитин тилиннэрэргэ о5о кыра сааһыттан уһуйуллара наада.